Евгений СЕДЫХ АНААБЫР АЛМААСТАР АО, Экскаватор машиниьа, «АЛРОСА Чулуулара» туьулгэ кыттааччыта.
— 2007 сылга армияттан кэлэн баран, ыал буолан икки о5олонон араас улэ5э улэлээн кербутум да5аны, буттэлээх хамнас суо5а, о5олорбун, дьиэ кэргэммин эр киьи быьыытынан иитээри, Улэтэ суохтар сулууспаларын ненуе Нерюнгрига Экскаватор машиниьа уерэххэ уерэнэ бараары гыммытым миэстэ тиийбэтэ, Нерюнгрига олорор сир суох, бэйэн баран булан олорор буоллаххына уерэн эбэтэр эьиилгэ дылы кэтэс диэбиттэрэ.
— Мин теье да билбэтэх сирим буоллар, улэлээх, идэлээх буолар ба5аттан баран уерэнэн, этэннэ стажировкабын ааьан билигин «Анаабыр Алмаастара» Молодо бириискэтигэр экскаваторщигынан улэлээбитим 9 сыл буолла. Идэбин себулуубун. Ыарахаттардаах да буолтун иьин, дьиэ кэргэммин, дьоммун хааччыйарым миэхэ улахан суолталаах.
— Хайа, уонна бары араа бараа саастаахпыт, улэлиир коллективпын себулуубун. Бу «Идэлэригэр бастыннар» диэн курэхтэьиигэ бириискэ иьигэр бу иннинэ иккитэ кыттыбытым да, иккис уьус миэстэ буолан иьэрим. Бу сырыыга дьэ бастааммын АЛРОСА курэхтэьиитигэр кыттар, Анаабыр Алмаастара АУо аатын кемускуур урдук чиэс тиксибититтэн улаханнык долгуйабын.
— Манна курэхтэьэ кэлэр путевканы муус устар ыйга Павел МАРИНЫЧЕВ туттарбыта. Онон ессе эппиэтинэстээх дии саныыбын. Баар кыахпынан, мунньуммут опыппынан кыттыам….
Мичил Гурьев, прииск Молодо